Новости и события

Тымныыттан харыстанабыт

Саха сиригэр тымныы түһэн, билигин доруобуйа боппуруоһа ордук сытыытык турар. Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин быраастара күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ ыарыыттан, тумууттан харыстанарга көдьүүстээх профилактиканы санаталлар:

* Ис-искититтэн ириҥ. Оттоох, отонноох, облепихалаах, дөлүһүөннээх чэйи оргутан иһиҥ. Ити минньигэс эрэ буолбакка, иммунитекка олус туһалаах.

* Атаххытын тоҥорумаҥ. Итини Саха сирин олохтооҕо эндэппэккэ билэр. Ичигэс атах таҥаһа уонна халыҥ наскы тымныйыыттан бэркэ харыстыыр.

* Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ. Оннооҕор тымныы да күннэргэ таһырдьа дьаарбайа сатааҥ. Кылгастык да салгын сиэтэххитинэ, хааҥҥытыгар кислород киирэн сэргэхситиэ.

* Скрининг ааһаргытын умнумаҥ. Күһүн — чек-ап ааһарга саамай тоҕоостоох кэм. Ыарыыны эрдэ билэн, уһун кыһыны быһа эмтиирдээҕэр туораппыт ордук.

“Аврора” мэдиссиинэ килииньикэтин Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ кыһыҥҥы тыйыс тымныыга да мэдиссиинэ комплекснай уонна аһаҕас буоларын дакаастыыр.

Суруйтарар нүөмэргит: +7 914 822-38-74.

Фото: moslenta.ru
Made on
Tilda