Нерюнгритааҕы киин балыыһа үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Бу бэлиэ даатаны быраастар, сиэстэрэлэр, биэлсэрдэр, саньытаардар, суоппардар -- бары үлэһиттэр толору өрөмүөннэммит, аныгылыы тэриллээх уонна саҥа былааннаах дьиэҕэ көрүстүлэр.
Бэрэсидьиэммит уонна Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүллэринэн 10 тыһ. кв.м. иэннээх эмтиир-диагностикалыыр сүрүн куорпус саҥардылынна. Саҥа тэриллэрдээх улахан дьон бэликилииньикэлэрин, дьахтар консултаассыйатын уонна профилактика отделениетын биһирээтилэр, соторутааҕыта өрөмүөн кэнниттэн Суһал көмө дьиэтэ аһылынна. Киин балыыһаҕа 7 саҥа массыынаны туттардылар.
“Аврора” мэдиссиинэ килииньикэтин Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ кэллиэгэлэрбитин бу үбүлүөйгүтүнэн уонна өр кэтэспит өрөмүөҥҥүт түмүктэммитинэн эҕэрдэлиир! Эһиэхэ үтүө доруобуйаны, ситиһиилэри уонна махталлаах пациеннары баҕарабыт!
Салалта үрдүктүк сыаналыыр
“Уһун үйэлэнии айана” кыттыылаахтара Нерюнгри оройуонун баһылыга Максим Терещенконы уонна Нерюнгри куорат баһылыга Илья Гудошнигы, Нерюнгри оройуонун ассамблеятын бэрэссэдээтэлэ Елена Лукьянованы кытары Саха сирин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр көрүстүлэр. Көрсүһүүгэ оройуон баһылыга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин Нерюнгритааҕы филиалын үлэтин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Бу кииҥҥэ кэлэн биһиги аҕам саастаахтарбыт астына-дуоһуйа сынньаналларын истиэххэ, көрүөххэ олус үчүгэй. Кинилэр муударастарын уонна олоххо дьоҕурдарын ыччакка тиэрдэргэ тирэх буолар саамай күндү дьоммут. Ити -- биһиги уопсастыбабыт сүрүн тирэҕэ”, - диэтэ Максим Терещенко.
Хабылык, хаамыска
Нерюнгритааҕы филиалга киин психолога Мария Самсонова көҕүлээһинэн сахалыы остуол оонньууларын: хабылыгы, хаамысканы боруобалаан улаханнык астыннылар. Мария Самсонова ыытар дьарыктарыгар тарбаҕы эрчийиигэ болҕомтотун уурар. Тоҕо диэтэххэ, ити болҕомтону, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарарга улахан оруоллаах. Ол иһин хабылык уонна хаамыска оонньуулара – саамай табыгастаах, барсар.
Сынньанааччыларбыт бастакы мүнүүтэттэн хаһан да урут көрбөтөх, оонньооботох хабылыктарын, хаамыскаларын бэркэ сэргээн оонньообуттара. Үгүстэр “омос көрдөххө, судургу, ол эрээри болҕомтону, координацияны уонна толкуйу ирдиир, бэрт үчүгэй оонньуу эбит” дэһэллэр.
Алданнар абыраналлар
Алдан биэнсийэлээхтэрэ Нерюнгритааҕы филиалга чаастатык кэлэр буоллулар. Кинилэр Алдантан Нерюнгрига диэри пуойаһынан 5 чаас 35 мүнүүтэ айаннаан тиийэллэр.
Манна кинилэр доруобуйаларын бөҕөргөтөр, култуурунайдык сынньанар эрэ буолбатахтар. Биирдэ кэлбиччэ, куорат атыы-эргиэн дьиэлэрин кэрийэллэр.
Администратор Елена Николаевна этэринэн, “Уһун үйэлэнии айанын” бастакы “хараҥаччы” Алдантан олохтоох бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Галина Ивановна Красноусова салайааччылаах 4 киһилээх бөлөх буолбута. Кинилэр кэннилэриттэн Татьяна Степановна Давыдюк салалтатынан эмиэ түөрт киһилээх бөлөх ыалдьыттаабыт. Онтон Галина Михайловна Зимницкая икки киһини аҕалбыта. “Бу сырыыга Лидия Николаевна Булычевалаах кэлэллэрин кэтэһэбит. Алдан бэтэрээннэрин биһиэхэ кэлэн дууһалыын астына-дуоһуйа сынньаналларыгар ыҥырабыт!” -- диир Елена Николаевна.
Соторутааҕыта олохтоох бэйиэт Наталья Николаевна Александрованы кытары көрсүһүүгэ алданнар дьүөгэлэрин, эмиэ хомоҕой тыллаах хоһоонньут Галина Михайловна Зимницкаяны кытары билиһиннэрдилэр. Айар куттаах дьон умнуллубат көрсүһүүнү оҥордулар.
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиги Нерюнгрига “Киһи киһитэ” аахсыйанан эмиэ кэлиэххитин сөбүн санатабыт. Усулуобуйата бэрт судургу: үс билэр киһигин, доҕотторгун, аймахтаргын аҕаллаххына, бэйэҥ уон күҥҥэ босхо сынньанаҕын.
Маннык күннэргэ кэлиэххитин сөп:
07.10 –16.10.2026
21.10 – 30.10.2026
04.11 – 13.11.2026
18.11 – 27.11.2026
02.12 – 11.12.2026
16.12 –25.12.2026
Маны таһынан эһиил тохсунньу-олунньу ыйдарга сынньанарга барыллаан сайаапканы хомуйан эрэбит: 89148263055, 89142710088, 89141095806. Кытаатыҥ, миэстэ аҕыйах!