Новости и события

“Манна саҥа олох саҕаланар”: Өлүөнэ кытылыгар аҕам саастаахтарга хайдах көмөлөһөллөр?

Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕар, Өлүөнэ Эбэ кэрэ кытылыгар, Көхтөөх уһун үйэлэнии килииньикэтин филиала үлэлиир. Бу улуу өрүһү өҥөйө сытан, мааны кытылтан сыл устата өрүспүт “настарыанньата” хайдах уларыйарын кэтиэххэ сөп: муус барыытын, сайыҥҥы күүстээх долгуну, чуумпу сүүрүгү эбэтэр мууһунан бүрүллүүтүн. Куорат дьалхааныттан сылайбыт дьоҥҥо бу филиал күүһү-уоҕу, уоскулаҥы бэлэхтиир сир буолла.

Манна сынньана эрэ буолбакка, саҥаны билэ-көрө, сэргэхсийэ кэлэллэр. Ыалдьыттарга толору ис хоһоонноох бырагыраама үлэлиир: кэрэ-бэлиэ сирдэринэн дьаарбайыы, интэриэһинэй экскурсиялар, маастар-кылаастар уонна, биллэн турар, истиҥ сэһэргэһиилэр. Оттон саамай сүрүнэ – доруобуйаҕа кыһамньы уонна Саха сирин араас улууһуттан мустубут дьону кытары билсии, доҕордоһуу, алтыһыы.

Бу филиал туһунан ыалдьыттарбыт санааларын үллэстэллэр.

Татьяна Александрова (79 саастаах), Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа:

-- Мин манна кэлээт, бастакы мүнүүтэттэн саҥа олох саҕаланар эбит диэн тута өйдөөбүтүм. Алҕаһаабатахпын. Чахчы, саҥаттан төрөөбүт курдук сананным!

Розалия Семёнова (68 саастаах), Солоҕон, Горнай улууһа:

-- Наһаа кэрэ айылҕалаах! Хас күн аайы туох эрэ саҥаны билэбит: дьаарбайабыт, билбэт миэстэлэрбитин чинчийэбит, маастар-кылаастарга сылдьан үгүһү билэбит. Ротанг диэн матырыйаалынан корзина өрөргө үөрэннибит, оҕуруонан тиһэбит. Онтон олус дуоһуйабыт.

Василиса Иванова, Харбалаах, Үөһээ Бүлүү улууһа:

-- Бу Киин туһунан “Кыым” хаһыаттан ааҕан билбитим. Манна олохтоох кулуупка Аҕам саастаахтар күннэригэр ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кытынныбыт. Бары бэркэ бодорустубут. Өлүөнэ өрүһү күн аайы сөҕө көрөбүт, кэрэхсиибит. Мин манна сайынын хайаан да кэлэр эбиппин диэн быһаарынным. “Аврора” килииньикэ Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин төрүттээбитигэр махталбын биллэрэбин уонна өссө да үрдүк ситиһиини баҕарабын!

Тамара Адамова, иккистээн кэлэн сынньанар:

-- Манна усулуобуйа хайа да үчүгэй сонотуоруйтан хаалсыбат. Биһиэхэ быраастар кэлэн бардылар: кардиолог, тэрэпиэп. Өссө УЗИ-га түһэрдилэр. Үлэһиттэр олус эйэҕэстэр, куукуналара – бэртээхэй! Манна корзина өрөргө үөрэнним, онтубун сиэннэрбэр бэлэхтиэм. Барыгытын бу Булгунньахтаах филиалыгар кэлэргитигэр сүбэлиэм этэ.

Чахчы, туох да эбиитэ, көҕүрэтиитэ суох, бу Булгунньахтаахха баар филиалбыт сынньанааччыларбыт куттарын тутар. Маннааҕы кэрэ айылҕа, истиҥ сыһыан, үөлээннээхтэрдиин алтыһыы аҕам саастаах дьоммутугар үтүмэн үөрүүнү, доруобуйаны уонна толору олоҕунан олорорго баҕаны бэлэхтиир.

Сиһилии маннык нүөмэрдэргэ эрийэн билсиҥ: Дьокуускайга - 89142710088, Булгунньахтаахха - 89148223874, Нерюнгрига - 89963154189.

Made on
Tilda